хаптаҥнаа
1 · туохтуур
- хаптай 2 диэнтэн б. тэҥ. Ыт ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, сиргэ хаптаҥныы турда. Амма Аччыгыйа
2 · туохтуур
- Кимиэхэ эмэ, туһа таһаарынар сыалтан бэрт буола сатаан албыннас, ньылаҥнаа
Нууччалыы
- Льстить, угодничать, подхалимничать перед кем-л. ради своих корыстных целей
- Дьон барыта кулубаҕа хантаҥныыллар, арай кырдьаҕас ойуун эрэ кинини ахсарбатах курдук туттар. И. Гоголев. Кини ким "күүстээххэ" ньылаҥныыр, хаптаҥныыр, сирэй көрүмсэх, илин-кэлин сирэй киһиттэн сиргэнэр. Суорун Омоллоон. [Ыппыт] Киһиэхэ барытыгар тула көтөр, хаптаҥныыр, кыҥнаҥныыр, салаан ньэлиптиир. Кэпсээннэр. Тыалтан мас-от хантаҥнаата, Тыа этиҥтэн ньирилээтэ. П. Ламутскай (тылб. )