үҥкүүлэс
- үҥкүүлээ диэнтэн холб. туһ. Марьяна аккаастамматаҕа, күлэн, дьэлтэйдэ-дьэлтэйбитинэн, үҥкүүлэһэн барбыта. Суорун Омоллоон. Агаша, саҥа билсиилээхтэргин кытта үҥкүүлэһиэххин баҕарбаккын дуо? Далан. Өлөксөй үҥкүүлэһэ сылдьар кыыһы көрдөҕүнэ, сүрэҕэ нүөлүйтэлээн ылар. В. Протодьяконов