аат
өлөрсүү
- өлөрүс диэнтэн хай. аата. Лээтийэ буоллаҕына отут нуучча саллааттаах буолан куораттан тахсан Өрүүкээни эккирэтэн, Туруйалаах диэн үрэҕинэн тахсан, Мас аппаҕа көрсүһэн, сэрии, өлөрсүү буолар. Саха фольк. Биитэр мин, биитэр эн - Биирдэспит кыайдын диэн Өрөгөй өлөрсүү Өһүөнэ үрдээтин. П. Ойуунускай. "Саһыл сыһыыга" сэрии буолта үс хонно, алдьархайдаах өлөрсүү буолан эрэр. М. Доҕордуурап