ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

кэлэҕэй

I · 1 · аат тыл

  • Төрөөбүт ынах иккис күнүнээҕи хойуу соҕус, саһархайдыҥы өҥнөөх үүтэ (уоһаҕын кэнниттэн кэлэр)

Нууччалыы

  • Молоко отелившейся коровы на второй день после отела (густое, желтоватого цвета)
  • Ынах иккис күннээх үүтүн (кэлэҕэйин) ньирэйгэ сэрэнэн иһэрдиэххэ. ФЕИ ГЫа. Иккис күнүнээҕи үүтү ("кэлэҕэйи") иһэртэххэ ньирэй иһэ ыалдьыан сөп, ол уоһах састааба тосту уларыйыытыттан буоларГНИ СҮөТ

II · 2 · даҕааһын

  • Сорох дорҕоону хат-хат, иҥнэн хаала-хаала саҥарар (киһи)

Нууччалыы

  • Заика (в сильной степени)
  • Мархаттан бастаан кэллэҕинэ наһаа кыыһырымтаҕай этэ, кэлэҕэйигэр тэптэрэн сатаан саҥарбат буолан хаалара. Н. Заболоцкай. Мэхээчэ, кэлэҕэйэ олус бэргээтэҕэ буолуо, саҥата суох күлүгүрэн турда. Л. Попов. Сорох оҕо -- төрүүрүгэр эмсэҕэлээбитэ кэлэҕэй буолууга тириэрдэр. КИИ ОЧСҮөГ. Ср. монг. хэлгий ‘немой’; хак. килегей; алт. келегей ‘заика’

II · 3 · этии

  • Балыктааҕар кэлэҕэй көр балык. Бу, букатын саллар сааһын, үллэр үйэтин тухары биир алтан харчылааҕы эргинэн эбиммэтэх, сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй, киһи киэнэ муҥутуур кэнэнэ оҕонньор! Амма Аччыгыйа. Балыктааҕар кэлэҕэй, сымыыттаҕар бүтэй, им-ньим саҥата суох сылдьыбыт бүрэ уол уон тоҕустааҕар эмискэ улуу ойуун буолан турбут. Л. Попов. Эппэт кэлэҕэй - биир тылы сатаан саҥарбат буола кэлэҕэйдиир Уол киирэр, куттаммыт, уҥуоҕа хамсаабыт, кутталыттан эппэт кэлэҕэй буолбут. А. Софронов. Кыыһырдар эбэтэр омуннурдар эрэ, эппэт кэлэҕэй буолан хаалааччы. М. Доҕордуурап

Нууччалыы

  • Заика, который не может выговорить ни слова

«К» буукуба